- 01/10/2023
- 5
- нет
Эһээ моруоһу кэтэһии
Слепцова Вера, Уус-Яна улууһа, Казачье сэл.
Уһуйааммыт Саҥа дьылга киэргэннэ, симэннэ Арааас дьүһүннээх маскараатпытын кэтэммит Эһээ Моруоска хоһооммутун аҕыахпыт. Үҥкүүнү, ырыаны бэлэхтээн үөрдүөхпүт. Харыйабыт тула эргийэ Хоробуот ыллыахпыт. Эһээ Моруостан бэлэх тутан Үөрэ-көтө дьиэлиэхпит. Дьиэбитигэр тиийэн Эһээ Моруос Кэһиитин арыйан кэмпиэт, фрукта Тото- хана сиэхпит. Бэлэхтээбит оонньуурунан Күнү быһа оонньуохпут. Сарсыныгар ийэбититтэн Ыйытыахпыт биһиги: - Эһээ Моруос хаһан кэлиэй? Хаһан өссө бэлэх биэриэй? Ийэбит эппиэттиэҕэ: - Кыыдаан кыһын бүтүө, сандал саас кэлиэҕэ, Итии сайын буолуо, көмүс күһүн ааһыа, Тымныы кыһын кэлиэ, Дьэ, оччоҕо кэтэһиилээх, Эһээ Моруос кэһиилээх Тиийэн кэлиэ эһиэхэ!

Комментарий читателей статьи "Эһээ моруоһу кэтэһии"